Биһиги улууска дьон-сэргэ "Алмазкредитсервис" өҥөтүнэн туһанан кэллибит

Мин бэйэм аан бастаан 19 апреля 2019 сыллаахха 40 000 солкуобай займ ылан саҕалаабытым уонна күн бүгүҥҥэ диэри наар бу АКС өҥөтүнэн туһанан кэллим

Мин займы үксүн кэтэх хаһаайыстыбабын кэҥэтэргэ ылабын. Ол курдук, 2019 сыллаахтан кус-хаас, куурусса инкубаторга таһааран иитэбит, ону таһынан козалаахпыт, сүөһүлээхпит. Кураан сылларга от, бурдук атыылаһарга, 2021 сыллаахха дьиэм түһэн ону көтөхтөрөрге, 2022 сыллаахха газка киирэргэ бэлэмнэниигэ диэн, быйыл от үүнэн сүөһүбүтүн элбэтээри ньиирэй атыылаһарга АКС займ өҥөтүнэн туһанан кэллибит.

"Алмазкредитсервис" үлэһиттэрэ сүрдээх эйэҕэстэр, сүбэлээн-амалаан, ханнык сыалга ыларбытын истэн, ханнык льготнай займ баарын этэн биэрэллэрэ наһаа үчүгэй!