«Алмазкредитсервис» үбү-харчыны мунньунууну муҥутуур туһалаахтык ыытыы бириинсиптэринэн салайтарар
Тулалыыр эйгэни харыстыыр инниттэн 2017 сылы — экология сылынан биллэрбиттэрэ. Биир сыл иһинэн, баар кыьалгалары барытын кыайан быһаарыллыбат, ол эрээри хас биирдиибит төрөөбүт-үөскээбит айылҕабытын харыстыыр үлэни күүһүртэхпитинэ, ураты болҕомтобутун уурдахпытына сатанар. Аҥардас государственнай структураларга эрэ сэлээннээбэккэ, уопсастыба бары араҥата кыттыан наада.
Ол курдук Өрөспүүбүлүкэ финансовай ырыынагар 13 сыл үлэлиир “Алмазкредитсервис” кредитнэй сойуус норуот олоҕун таһымын үрдэтэр сүрүн аналын толорор сыалтан, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөөх үлэни киэҥ далааһыннаахтык тэрийэр. Ыраас уута, сибиэьэй салгына, кэрэ айылҕата суох биһиги олохпут хайдах толору дьоллоох буолуой? Тулалыыр айылҕабытын, кини сиртэр хостонор баайын-дуолун уонна үппүтүн-харчыбытын хайдах харыстыыр туһунан Саха Өрөспүбүлүкэтин Үтүөлээх экономииһын, “Алмазкредитсервис” кредитнэй сойуус бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Татьяна Варфоломееваны кытта сэһэргэстибит:
Дьокуускай куорат тулатыгар “пикниктэргэ” уонна муҥура суох элбэх бырааһынньыктарга биирдэ эрэ туттуллар“одноразовай” диэн ааттаах араас кээмэйдээх пластиковай иһит туһаныллар, полиэтиленовай бакыаттарга угаталаан баран, тыаҕа мэнээх быраҕаталаан кэбиһэллэрэ тайҕабытын сүрдээҕин киртитэр. Сорохтор киин сиртэн кый ыраах олоробут, тайҕа иэнэ киэҥ дии саныыллар. Оннук буолбатах. Экологическай сулууспалар дааннайдарынын, аан дойду араас сирдэригэр миллиардынан пластиковай бакыат туттуллар, сыл аайыы 300 мөллүйөн тонна пластигы оҥорон таһаараллар ол онтон 10 % мировой акыйааҥҥа түһэр. Пластик олус үйэлээх, 100-200 сыл буолан эрэ баран сутэр-симэлийэр кыахтаах. Умайдаҕына атараабылыыр эттиктэри таһаарар, атмосфераны киртитэр, суьурдэр. Үгүс кетер кыыл онтон эчэйиини ылар. Көтөр кынаттаах 94 %, сүүрээр атахтаах 84 % куртахтарыгар пластигы булаллар. Акыйаан түгэһэр 70 миэтэрэ дириҥнээх сиринэн тайаан сытар бөх-сах арыылара үөскээбиттэр.
Айылҕа ресурсаларын харыстыыр бириинсип
Аан дойду, пластик оҥоһук баһылыырын утары, охсуһуу саҕалыммыта быдааннаата: пластик курдук олус кутталлаах матырыйаалы туттууну аҕыйатыахха диэн модьуйаллар экологтар. Биьиги бэйэбит тугу оҥорор кыахтаахпытый? Кыраттан саҕалаан аан маҥнай, пластик иһиттэн олох да аккаастаныахха сөп.
“Алмазкредитсервис” дьоһун сонуна: пайщиктарбытыгар уонна олохтоох нэһилээнньэҕэ анаан “одноразовай”, пластиковай иһити туһаныыны аҕыйатыы проблематыгар анаан аан бастакыннан Саха Өрөспүбүлэкитигэр “Пластимир: антибудущее” диэн ааттаах экомультфильмы, эко-плакаты таһаардыбыт, эко-сувенирнай оҥоһуктары тарҕаттыбыт (эко-бытыыкка, эко-суумка), оскуолаларга Киһи Сайдыытын Киинин нөҥүө эко-кэпсээтиилэри ыыттыбыт.
Туспа бэлиэ түгэнинэн Республиканскай айылҕа харыстабылын тематыгар мини-грант ылар иһин проектары көмүскээһин курэгэ буолбута. Биһиги кредитнай сойууспут өйөбүлүн 4 олус тоҕоостоох, бары өттүнэн туһалаах проектар ылбыттара (Уус-Алдан, Ньурба, Горнай улуустара, Дьокуускай к.). Сыл бүтүөр диэри олоххо киллэрэн, улахан суолталаах түмүктэри ситиһэргэ дьулуһаллар.
Үбү-харчыны харыстыыр бириинсип
Айылҕа ресуурсаларын харыстыырбыт курдук бэйэбит үппутун-харчыбытын эмиэ сатабыллаахтык туһанарга дьулуһуохтаахпыт: сатаан учуоттуу уонна отчуоттуу үөрэниэххэ, табыгастаахтык былааннаныахха, ону тэҥэ харыстыахха, ол эбэтэр мунньунары сатаатахха уп-харчы элбиирэ чуолкай буоллаҕа.
“Алмазкредитсервис”эһиэхэ финансовай көмөнү оҥорорго мэлдьи бэлэм: бастакы хардыыларгытын биһигини кытта оҥоруҥ, инвестирование эйгэтин арыйыҥ. Нэһилиэнньэ араас араҥатын көрдөбүллэрин уонна ис кыахтарын учуоттаан туран, биһиги харчы мунньунан дохуот киллэринэргэ 5 араас программаны талларабыт. Ол курдук, “Бриллиантовай” программаҕа эһигини үпкүтүн 13 ыйга уураҕыт, сылга 12,5 %* хаҕыыр.
Бэлиэтээн этиэхпит этэ: финансовай тутулуга суох буолуу айылҕа харыстабылын кытта быстыспат сибээстээх, дьыаланы кыраттан саҕалаан, тиһигин быспакка тиьэгэр тириэрдиэххэ!